2022-2023 сылларга саха сиригэр 58 оскуола өрөмүөннэниэҕэ, онтон 38 оскуола — быйыл. Сорох эбийиэктэр болдьохторуттан кыратык хойутааталлар да өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх дьыла кэмигэр саҕаланыаҕа. Бу туһунан регион баһылыга Айсен Николаев ГТРК «Саха» ханаалга быһа эфиргэ иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Бырабыыталыстыба уонна муниципалитеттар мэлдьи мониторинг ыыталлар. Сорох бэдэрээтчиттэр үлэ болдьоҕун бытаардаллар, 15-с чыыһылаҕа киллэриэхтээхтэр этэ да, атырдьах ыйын 20-25 күннэригэр киллэрэр буоллулар. Куорат баһылыга балаҕан ыйын 1 күнүгэр бары оскуолалар өрөмүөннэниэхтэрэ уонна көннөрү режимҥэ үлэлиэхтэрэ диэн эттэ. Мин оннук буолуо диэн эрэнэбин», — диэтэ Айсен Николаев.
Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын туһунан эттэххэ, сорох оскуолаларга өрөмүөн үлэлэрэ арыый хойутаан түмүктэниэхтэрэ. Ол да буоллар, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара эрэннэрэллэринэн, үөрэх дьыла эмиэ кэмигэр саҕаланыаҕа.
«Боппуруос бырабыыталыстыба хонтуруолугар турар», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ регион баһылыга.
Эрдэ СИА иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр 21 оскуолаҕа капитальнай өрөмүөн түмүктэнэн эрэр. Өрөмүөҥҥэ барыта 2,8 млрд солк. тахса суумалаах федеральнай үбү тыырбыттара, ол иһигэр 2022 сылга – 2,5 млрд солк., 2023 сылга – 356,89 мөл. солк. тахса көрүллүбүтэ.
This post was published on 23.08.2022 17:04 17:04