Саха сиригэр 43 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа оптика холбонно

Ил Дархан Айсен Николаев 12 оройуон 43 нэһилиэнньэлээх пуунугар волоконнай-оптическай сибээс линиятын киириитигэр старт биэрдэ, суруйар СИА. «Ростелеком» регион телекоммуникационнай инфраструктуратын 5 млрд солк инвестициялаата, 2011 — 2021 сыллары хабан.

««Ростелеком» хампаанньаҕа махтанабын. Түргэн интернет киирэн, Саха сиригэр олох бары эйгэтэ тэтимирдэ. Цифровой оройуоттар эбиллэллэр. Холобур, Хаҥалас улууһа, өрөспүүбүлүкэ тутууга индустриятын киинэ. Онон Уһук Илиҥҥэ өссө биирдэ түргэн сибээстээх буолууга лидер буоларбытын дакаастаатыбыт. Саха сиригэр бүтэһик сылларга 8,5 тыһ. км ВОЛС тардылынна, манна регион нэһилиэнньэтин 88%-на олорор», – диэтэ баһылык Айсен Николаев старт биллэрэригэр.

Эрдэ толору түргэн интернеттээҕинэн Ньурба, Мииринэй, Чурапчы улуустара биллэллэрэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин

This post was published on 09.09.2021 13:02 13:02