Бэҕэһээ, кулун тутар 19 күнүгэр, «Якутуголь» холдинговай хампаанньа састаабыгар үлэлиир «Нерюнгринскэй» таас чохтоох сир 45 сааһын туолла. Бу Уһук Илиҥҥэ уонна Саха сиригэр таас чоҕу хостуур улахан хампаанньалартан биирдэстэрэ буолар. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ таас чоҕу хостооһуҥҥа саҥа сүүрэн киирэрин саҕана ССРС таас чоҕун бырамыысыланнаһын миниистирэ Борис Братченко сылдьыбыта.
Ол курдук, 45 сыл устата 375 млн тахса туонна таас чоҕу хостообуттара, 2,1 млрд куб. миэтирэ боруоданы таспыттара. Бу көрдөрүү «Якутуголь» хампаанньаны Саха сиригэр бастыҥ хампаанньалартан биирдэстэрин быһыытынан биллэрэр.
Үбүлүөйүнэн хампаанньа үлэһиттэрин СӨ геологиятын уонна бырамыысыланнаһын миниистирэ Максим Терещенко эҕэрдэлээтэ. Кини бэлиэтииринэн, олохтоох исписэлиистэринэн өрөспүүбүүлүкэ барыта киэн туттар.
Ону таһынан, 45 сааһын «Якутуголь» тырааныспарын салайыыта эмиэ туолла. Хампаанньа үлэһиттэрэ металлургияҕа туттуллар үрдүк хаачыстыбалаах 365 млн тахса туонна концентраты тастылар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Нерюнгринскэйгэ» 500-тэн тахса киһи үлэлиир. Кинилэр бары олохтоох исписэлиистэр, суруйда Саха НКИХ.
This post was published on 20.03.2024 14:04 14:04