Быйыл Саха сиригэр 373 эдэр ыал дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарарга судаарыстыба көмөтүнэн туһаннылар. Көмөнү ылааччылар квартира атыылаһар, чааһынай дьиэни туттар эбэтэр ипотеканан дьиэ ылыыга бастакы төлөбүр быһыытынан туһанар кыахтаахтар, диэн СИА кэпсиир.
2021 сылга эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыыга дойду, өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох бүддьүөттэн 357 мөл. солк. көрүлүннэ.
2022 сылга ити сыалга Саха сирэ федеральнай бүддьүөттэн 216 мөл. солк. ылыаҕа, бу суумаҕа регион харчытыттан 13,8 мөл. солк. эбиллиэҕэ, өссө 200 мөл. солк. муниципалитеттар эбиэхтэрэ. Кэлэр сылга дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга социальнай төлөбүрдэри өрөспүүбүлүкэ 35 улууһугар 411 эдэр ыал ылыаҕа.
This post was published on 09.12.2021 19:05 19:05