Саха сиригэр 369 975 туонна от бэлэмнэннэ - балаҕан ыйын 20 күнэ

Саха сиригэр, бүгүҥҥү туругунан, 368 975 туонна от бэлэмнэннэ, былаан 83% туолла. Кэбээйигэ, Дьааҥыга, Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ балаһыанньа уустук.

Оттооһун туһунан регион вице-премьера Михаил Никифоров брифинг оҥордо, суруйар СИА.

25 208 туонна сиилэс, былаан 88% туолла, 8596 туонна сенаж (66%). Ааспыт нэдиэлэни кытта тэҥнээтэххэ бары хайысхаҕа тыһыынчанан туонна эбилиннэ.

«Ыраах учаастактарга 228 мобильнай биригээдэ үлэлиир, кинилэр 30 858 туоннаны бэлэмнээтилэр, бу былааннарыттан 58%. Кинилэргэ көрүллүбүт үбүлээһин тириэрдиллибитэ», — диэтэ Михаил Никифоров.

This post was published on 20.09.2022 17:01 17:01