Саха сиригэр 350-ча тыһыынча туонна от бэлэмнэннэ

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, Саха сиригэр 349 443 туонна от бэлэм буолла. Бу былаантан 76%. 

Сиилэс 13 986 туонна, былаан 52% туолла, сенаж – 4941 туонна, былаантан 33% оҥоһулунна.

Былаантан 80%-тан тахсаны Бүлүү улууһа (96%), Үөһээ Бүлүү (94%), Кэбээйи (87%), Амма (86%), Таатта (84%), Ньурба (82%) уонна сорох хоту, Арктика кытылын оройуоттара толордулар.

Хаалыы Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа уонна Чурапчыга бэлиэтэнэр. «Бу улуустарга баһылыктар сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ миэрэлэри ылыахтаахтар. Амур уобалаһыгар Саха сириттэн икки мобильнай биригээдэ үлэлиир. Кинилэр былааннара 2400 туонна от, онтон 1000-та бэлэмнэннэ», — диэн мунньахха вице-премьер Михаил Никифоров эттэ.

Кини Российскай Федерация бырабыыталыстыбатынан оту бэлэмнээһиҥҥэ 56 мөл солк көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ.

This post was published on 08.09.2021 11:01 11:01