Саха сиригэр 300 социальнай тэрилтэ интернеттэниэ

Саха сиригэр 2019 сыл бүтүөр диэри 318 социальнай суолталаах тэрилтэ интернеккэ холбонуоҕа. Ол туһунан СИА-ҕа регионнааҕы инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 


Биэдэмистибэ салайааччыта Анатолий Семенов иһитиннэрбитинэн, 2019 сыл сайыныгар буолбут аукциоҥа «Дозор-Телепорт» САУа кыайан, интернети холбуурга сакааһы толоруо. 1 миллиард 486 мөл солк – бу суумаҕа хампаанньа өрөспүүбүлүкэ 1221 тэрилтэтин хабыахтаах. Үлэ 2021 сылга түмүктэниэхтээх.

Социальнай суолталаах эбийиэктэргэ оскуолалар, ФАП-тар, олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттара, баһаарынай чаастар, Росгвардия уоргаттара уонна быыбардыыр хамыыһыйалар киирсэллэр.

«Быйыл «Дозор-Телепорт» 318 тэрилтэҕэ интернети киллэриэ. Бу 26-та бырыһыаны былааннаммыт уопсай ахсаантан ылар. Ол иһигэр 134 оскуола Дьокуускай уоракка уонна 30 улууска. 2020 сылга 391 эбийиэк киллэриллиэхтээх, онтон хаалбыт 512 тэрилтэ 2021 сыл тухары», — диэтэ Семенов.

Куорат оскуолаларыгар интернет 100 мбит/с, нэһилиэктэргэ – 50 мбит/с кырата суох түргэннээх үлэлиэхтэрэ. Сибээс алларан тиийбэтэх нэһилиэнньэлээх пууннар оскуолаларыгар спутниктан 1 мбит/с кырата суох түргэннээҕи холбуохтара. «Эбийиэктэр 66% — оптоволокнонан холбонуо, 405 – спутнигынан, 13 — радиорелейнай линиянан», — диэн министерствоҕа этилиннэ.

Эбийиэктэр интернеккэ холбоммуттарын кэннэ, Россия сибээскэ министиэристибэтэ үөрэх тэрилтэлэригэр икки сыл устата трафик төлөбүрүгэр уонна тэрээһин, хонтуруоллуур, көҥүллүүр үлэлэрин субсидиялыа.

This post was published on 09.10.2019 15:57 15:57