Саха сирин үгүс сиригэр кураан уонна куйаас күн-дьыл туруоҕа. Өрөспүүбүлүкэ сорох оройуоннарыгар күнүскү температура +36 кыраадыска тиийэ үрдүөҕэ.
Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэринэн, чугастааҕы сууккаҕа быстах ардах түһүөҕэ, Өлүөхүмэ, Нерюнгри уонна Ленскэй оройуоннарыгар кыра этиҥнээх буолуон сөп. Атын сирдэргэ сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт.
Чэппиэргэ киин улуустарга күнүскү температура +28 км. +33, соҕуруу уонна арҕаа — +36, Халыма-Индигир оройуоннарыгар — +20 +25 кыраадыс буолуоҕа.
Бээтинсэҕэ соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр быстах ардахтар ааһыахтара, миэстэлэринэн сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ тиийэр тымныы тыалырара күүтүллэр.
От ыйын 29 күнүгэр киин оройуоннарга салгын баттааһына +29 км. +34, соҕуруулуу-арҕаа ардахтаах да буоллар — +22, +27, Хоту, Халыма-Индигир оройуоннарыгар, — +17…+22 буолуоҕа.