Саха сиригэр 3 - 7 саастаах оҕолорго төлөбүрү биэриини саҕалыахтара

Үлэ уонна социальнай харысхал миниистирэ Антон Котяков 3 — 7 саастаах оҕолорго төлөбүрдэри оҥорууга Саха сирэ техническай уонна нормативнай бэлэминэн лидердар ортолоругар баарын бэлиэтээтэ.


Оҕоҕо көрүллүбүт ыйдааҕы төлөбүрү биэриигэ бэлэм туһунан РФ субъектарын кытта видеонан мунньах буолла. Ол туһунан СИА-ҕа үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ босуобуйаны биэрии бэс ыйын 1 күнүттэн саҕаланар. Кээмэйэ I зонаҕа – 10 274 солк, II зонаҕа – 8 651 солк.

Киһи электроннай сайабылыанньа эрэ ыытар. Атын докумуоннарын социальнай көмүскэл уоргаттара хомуйаллар.

This post was published on 22.04.2020 14:02 14:02