2021 сылга инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолоох ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга 46,5 мөл. солк сууммалаах 29 социальнай төлөбүрү көрдүлэр. Олортон 28 киһи хайыы-үйэ бэйэтин быраабын олоххо киллэрдэ, бүтэһик хаалбыт киһи докумуонун оҥотторо сылдьар, диэн Саха сирин Минстрой пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
2021 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, дьиэнэн хааччыйыыга социальнай өйөбүл миэрэлэрин ылааччылар республикатааҕы испииһэктэригэр 427 киһи уочаракка турар.
2022 сылга ити сыалга федеральнай бүддьүөттн 141,5 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Этиллибит үп чэрчитинэн 70-тан тахса инбэлиит дьиэнэн хааччыйыыга социальнай төлөбүрү ылыахтаахтар.
Санатан эттэххэ, судаарыстыба суотугар олорор дьиэнэн хааччыйыыга социальнай өйөбүл миэрэлэринэн 2005 сыл тохсунньутугар диэри учуокка турбут дьон туһаналлар. Атыттар төлөбүрү РФ дьиэтин кодексатын чэрчитинэн ситиһэллэр.
This post was published on 06.12.2021 19:03 19:03