Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ суһал ыстааба иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, 285 927,9 туонна от кэбиһилиннэ, ити кыстыыр от 66%-на, суруйда Саха парламент саайт.
Билигин күөх быйаҥ күрэҕэр 21 517 отчут, 9 198 араас мааркалаах тыраахтар, 8 575 звено, ол иһигэр 3 084 толору мэхэньисээссийэлээх, 3 100 ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх, 45 көлө, 2 205 илии звенолара үлэлии-хамсыы сылдьар. Барыта 276 458 гектар иэннээх ходуһа сирэ охсуллан, 285 927 туонна от кэбиһиллибит, 8 470 туонна сиилэс (былаан 35 %-а), 1 455 туонна сенаж (былаан 11%-а) бэлэмнэммит.
Былааннарын «Жатай» бөһүөлэгэ 129 %, Амма улууһа 89 %, Өлүөхүмэ уонна Үөһээ Бүлүү улуустара 84 %, Ленскэй улууһа 83 %, Мэҥэ Хаҥалас улууһа 81 %, Уус Алдан улууһа 79 % толорон, инники күөҥҥэ иһэллэр.
Амма, Горнай, Нам, Таатта, Томпо, Уус Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгар, барыта холбоон 124 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 7 955 туоннаны чөкөттүлэр.
This post was published on 25.08.2025 14:03 14:03