Саха сиригэр 284 үөрэх тэрилтэтэ булкаас киэбинэн үөрэтиигэ көстө. Ол туһунан үөрэх миниистирин солбуйааччыта Ирина Любимова парламент истиилэрин кэмигэр эттэ. СИА суруйар.
Ирина Любимова эппитинэн, тустаах министиэристибэ үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан мониторинг ыытар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 641 үөрэх тэрилтэтэ баар, онно 148 931 оҕо үөрэнэр. Мониторинг түмүгэ көрдөрбүтүнэн, 40 (6,2%) оскуола дистанционнай киэпкэ көстө, 317(49,5%) истэн үөрэххэ уонна 284 (44,3%) буккаас киэбинэн үөрэнэр.
«Үөрэтиигэ дистанционнай технологияны туһаныы үөрэх чааһын тохтоппот. Билигин эпидемиянан хааччахтыыр миэрэлэр кэмнэригэр. Пандемия бүппүтүн да кэннэ ситим бырагыраамаларынан педагогтар үлэлииллэригэр көхтөөхтүк туттуллуоҕа», — диэтэ миниистир солбуйааччыта.
This post was published on 26.11.2020 10:01 10:01