Саха сиригэр 25-гэр диэри саастаах эдэр дьон ыал буоллаҕына харчынан өйөбүл ылыаҕа

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Саха сиригэр 25 саастарыгар диэри ыал буолбут эдэр дьон биир кэмнээх харчынан өйөбүл ылыахтара. Маннык быһаарыы бүгүн Ил Түмэн мунньаҕар ылылынна, үлэ министиэристибэтэ суруйда.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 25-гэр диэри саастаах эдэр дьон бастакыларын ыал буолбуттарын туоһулуур докумуоҥҥа илии баттаатахтарына, биир кэмнээх төлөбүр ылаллар.

Маннык миэрэ дьиэ кэргэн сыаннастарын холобур тутар, ыал буолууну докумуонунан бигэргэтэр, оҕо төрөөһүнүн элбэтэр.

Төлөбүр кээмэйин, бэрээдэгин регион бырабыыталыстыбата бигэргэтиэҕэ.

This post was published on 30.11.2023 17:01 17:01