Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 59 590 га иэннээх сири хаппыт ойуур баһаара умуруорулунна.
Бу туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Авиациянан уонна космическай кэтээн көрүүнэн уопсайа 23,4 га иэннээх сири хаппыт түөрт ойуур баһаара булулунна.
«Уоту утары охсуһуу түмүгүнэн уопсайа 59 590 га иэннээх сири хаппыт 21 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу Алдан, Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Муома улуустарыгар, тоҕус баһаар Нерюнгригэ, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо уонна Дьокуускай куоракка. Оттон уопсайа 49 533 га иэннээх сири хаппыт 16 ойуур баһаара бохсулунна. Бу Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус Маайа улуустарыгар«, — диэн этэр Андрей Коноплев.
Ойуур уотун умуруорууга 1 789 киһи, 137 тиэхиньикэ үлэлиир.
Бүгүн «Атмосфера» Ан-26 зондировщик салгын аала Өлүөхүмэҕэ көтөрө былааннанар.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ салҕаналлар. Маны сэргэ, муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар.
Бэс ыйын 26 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаарын утары ураты эрэсиим киллэриллибитэ, онон сибээстээн ойуурга тахсыы хааччахтаммыта, суруйда СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Источник: Саха сирэ хаһыат
This post was published on 19.07.2024 12:33 12:33