Саха сиригэр 2030 сылга диэри уопсайа 4 трлн солк суума инвестициялаах бырайыактар олоххо киириэхтэрэ. Ол туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ отчуотун кэмигэр эттэ.
«Саха сирин территориятыгар Россия бөдөҥ инвестиционай бырайыактара үлэлииллэр. 2023 сылга экономикаҕа инвестиция киириитин иэнинэн рекорд буолла, 739 млрд солк, 2022 сылга тэҥнээтэххэ 4,4% элбэх. 2030 сылга диэри 4 трлн солк тиийэ суумалаах инвестиционнай бырайыактар олоххо киириэхтэрэ», – диэтэ Айсен Николаев.
Кини эппитинэн, бу экономика улаатыытын саҥа хаачыстыбатын ситиһиэхтэрэ, экономика хайысхатын структуратын уларытыахтара, оҥорон таһаарыыны улаатыннарыахтара.
This post was published on 13.06.2024 14:03 14:03