Биир кэмнээх компенсация төлөбүрүн суумата быраастарга, сэлиэнньэлэргэ эбэтэр куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ, барааччыларга 2 мөл солк, фельдшердарга — 1 мөл солк. Кинилэри сэргэ 50 тыһыынчаҕа диэри нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии барааччыларга бырааска 1 мөл солк, фельдшерга 500 тыһ солк.
«2025 сылга «Земский доктор» уонна «Земский фельдшер» федеральнайдааҕы бырагыраамаларынан 161 исписэлиис кэлэрэ былааннанар, ол иһигэр 90 быраас, онтон кыра куораттарга – 19. Итиэннэ 71 фельдшер, ол иһигэр кыра куораттарга – икки», — диэн министиэристибэ ЯСИА-ҕа иһитиннэрдэ.
This post was published on 16.01.2025 16:02 16:02