Уһук Илини 2024 сылга диэри социальнай-экономическай сайыннарыы бырагырааматынан Саха сиригэр 400 социальнай эбийиэккэ тутуу эбэтэр капитальнай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Бырабыыталыстыба онлайн-отчуотун кэмигэр экономика миниистирэ Майя Данилова эттэ, суруйар СИА.
«Балаҕан ыйыгар бигэргэммит бырагыраамаҕа Өлүөнэ муостатын, Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2, эбии 10 аэропорт тутуутун курдуктар киллэрилиннилэр. Социальнай хайысхаҕа 400-тэн тахса эбийиэк тутуута уонна капитальнай өрөмүөнэ сурулунна», — диэтэ Майя Данилова.
Миниистир бэлиэтээбитинэн, 48 федеральнайдааҕы бырайыак Саха сиригэр былааннаммыт туолуута 2020 сылга олоххо киирдэ. Уопсай үбүлээһинэ 28,5 млрд солк тиийэ улаатыннарыллыбыта, ол иһигэр федеральнайдааҕы бюджеттан, 2019 сылы кытта тэҥнээтэххэ, үс гыммыта.
This post was published on 15.02.2021 14:02 14:02