Быйыл Саха сиригэр «Дьааҥы» суолун өрөмүөнүн түмүктүөхтэрэ. Томпо улууһугар Ольчан үрэҕи туоруур муоста тутуллуоҕа. Үлэ «Безопасные качественные дороги» нацбырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Ол туһунан суол управлениета иһитиннэрдэ.
Быйылгы былааҥҥа 45,7 килэмиэтир суол оҥоһуллар, уопсай суумата 866 мөл солк. Маны сэргэ Ольчан үрэҕи туоруур муоста тутуллар, кыаҕа 49,8 погоннай м уонна эбийиэккэ киирэр-тахсар суола 0,5 килэмиэтир. Манна 179,4 мөл солк көрүлүннэ.
Бу суол оҥоһуута региоҥҥа социальнай-экономическай суолталаах, бу суолунан чуолаан Дьааҥы уонна Усуйаана улуустарыгар ас-үөл, табаар тиэллэр, «Прогноз» тэрилтэ эбийиэктэрин хааччыйыыга туһаныллар. Эбийиэк «Халыма» федеральнай суолга тахсыыны хааччыйар кыахтаах.
This post was published on 21.02.2024 10:21 10:21