Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Доступное арендное жилье в ДФО» диэн бырагыраама үлэҕэ киирдэ. Бу күннэргэ Владивостокка уонна Анаадырга бастакы дьиэлэргэ олохсуйдулар. Саха сиригэр арыандаҕа дьиэлэр эһиил баар буолуохтара, суруйда «Саха сирэ» саайт.
«Уһук Илиҥҥэ судаарыстыбаттан көҕүлээһиннээх инвестиционнай бырайыактар чэрчитинэн биһиги 133 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаардыбыт. Манна исписэлиистэр наадалар. Арыандаҕа аналлаах дьиэни тутуу — эдэр каадырдары макроэрэгийиэҥҥэ тардарга биир сүрүн миэрэ буолар. Арассыыйа бэрэсидьиэнин сорудаҕынан 10 тыһыынча арыандаҕа аналлаах кыбартыыра тутуллуоҕа. Бу дьиэлэргэ кыбартыыра арыандата эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай бүддьүөт көмөтүнэн быдан чэпчэки буолуоҕа», — диэн РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев эттэ.
Ол курдук, Уһук Илиҥҥэ 10 тыһыынча кыбартыыраны устудьуоннарга, эдэр исписэлиистэргэ уо.д.а. бу эрэгийиэҥҥэ олорор дьоҥҥо анаан тутуохтара. Дойду бырабыыталыстыбата бу үлэҕэ 87 млрд солкуобай көрдө.
Саха сиригэр уопсайа 850 кыбартыыралаах 11 дьиэни тутуохтара: Дьокуускайга — 329, Нерюнгрига — 280, Алдаҥҥа — 116, Томмокко — 116, Мирнэйгэ — 125.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитин кэмигэр бэлиэтээбитинэн, бастакы дьиэлэр номнуо эһиил Дьокуускайга уонна Алдаҥҥа үлэҕэ киириэхтэрэ.
This post was published on 26.12.2023 11:32 11:32