Саха сиригэр 2024 сыл сайына өҥүрүк куйаас буолара күүтүллэр. Дойду элбэх регионугар рекорду олохтуур итиилэр түһүөхтэрэ. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ баһаар сезона ыарахаттардаах буоларын, «Прямая линия» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.
«Борогунуос кытаанах, халаан уутугар холоотоххо. Уһук Илиҥҥэ уонна Илин Сибииргэ өҥүрүк куйаас сайын күүтүллэр. Сорох регионнарга температура муҥутуур көрдөрүүнү биэрэр дииллэр», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини баһаар сезонугар күүстээх эппиэтинэстээх бэлэмнэнии барарын эттэ. Федеральнай үбүлээһин былырыыҥҥы курдук буолар. Манна өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан көрүллэр харчы эбиллиэҕэ.
Региоҥҥа 950 км минерализованнай балаһа саҥардыллар уонна 550 км баһаары утары хайдыылар оҥоһуллаллар. Исписэлиистэр үөрэнэллэр.
Быйыл да зондировщик-сөмөлүөттэри көтүтүү үлэтэ барыта былааҥҥа баар.
This post was published on 26.04.2024 14:01 14:01