Саха сиригэр 2022 сылтан нэһилиэнньэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүгэр киһи айаҕын ииттэрин хааччыйар үп алын кээмэйэ улаатта. Үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 20 828 солк., пенсионердарга – 16 433 солк., оҕолорго – 19 854 солк. тэҥнэстэ, диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Төлөбүр кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ хайа зонатыгар олороргуттан быһаччы тутулуктаах. Нэһилиэнньэ дууһатын бастакы зонатыгар – 22 356 солк., үлэлиир дьоҥҥо – 24 369 солк., оҕолорго – 23 229 солк., оҕолорго-23 229 солк., манна Абый, Аллайыаха, Булуҥ, Үөһэ халыма, Дьааҥы, Муома, Аллараа Халыма, Өлөөн, Өймөкөөн, Орто Халыма, Эбээн- Бытантай, Мииринэй улууһун Айхал бөһүөлэгэ уонна Удачнай куората.
Иккис зона олохтоохторугар ортотунан – 18 726 солк., үлэлиир дьоҥҥо – 20 411 солк., оҕолорго – 16 104 солк., оҕолорго-19 457 солк., Алдан, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ- Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Томпо, Уус- Алдан, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннара уонна куорат уокуруктара бааллар.
Санатан эттэххэ, 2021 сылга нэһилиэнньэ айаҕын ииттинэр үбүн алын кээмэйэ 18 368 солк., үлэлиир кыахтаах дьоҥҥо – 19 476 солк., пенсионердарга – 15 438 солк., оҕолорго – 19 201 солк. тэҥнэспитэ.
This post was published on 10.01.2022 18:59 18:59