Саха сиригэр 2021 сылга сүөһү иитиитин өйөөһүнүгэр 6,3 млрд солк көрүллэр

2021 сылга Саха сиригэр сүөһү иитиитин сайыннарыыга уонна өйөөһүҥҥэ 6,3 млрд солк тыырылынна. Бу, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, 17%-нан элбэх. Маннык дааннайдары тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ СИА «Якутия. 20 лет в 21 веке» бырайыагар эттэ.


«Улуустарга субвенция сүөһүнү иитиигэ 45%-н улаатыа – 2,87 млрд солк-тан 4,16 млрд солк тиийэ», – министиэристибэ иһитиннэриитигэр этиллэр.

СИА «Якутия: 20 лет в 21 веке» бырайыагар миниистир Александр Атласов эппитинэн, ыанар ынахха болҕомто улахан: «1 киилэ үүккэ субвенция 50 солк диэри үрдээтэ, манна эбии соҕотуопкалааччы тэрилтэ 10 солк кырата суоҕу төлүөхтээх. ЛПХ-лар биир ыанар ынахтарыгар 35 тыһ солк ылаллар». 

Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыйаахха илии баттаабыта. Сүөһүнү иитиигэ, докумуоҥҥа олоҕуран, 2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 100 сайыҥҥы пиэрмэ 10 тыһ ынахха, 50 сүөһү пиэрмэтэ 6 тыһ төбө сүөһүгэ, 200 сылгы иитэр бааза 20 тыһ сылгыга тутуллуохтаахтар. 2024 сылга таба этин оҥорон таһаарыы 840 туоннаттан 1500 туоннаҕа диэри элбэтиэхтээхтэр.

This post was published on 17.05.2021 14:02 14:02