2020 сылга Саха сиригэр 11 дьыссаат тутулунна, холбоон 1329 миэстэҕэ. 2021 сылга барыта 1505 миэстэлээх 15 оҕо саада киирэрэ былааннанар. Ол туһунан үөрэх миниистирин солбуйааччыта Ирина Любимова Ил Түмэҥҥэ бырабыыталыстыба чааһыгар эттэ, СИА суруйар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор үөрэхтээһиннэрин систиэмэтэ Россияҕа саамай хаачыстыбалаахтар ортолоругар киирсэр.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 802 араас бас билиилээх дьыссаат баар. Муниципальнайдар, судаарыстыбаннайдар. Маны сэргэ «АЛРОСА» хампаанньа тэрилтэтэ, чааһынай оҕо саадтара. 2020 сылга 11 дьыссаат тутулунна, 2021 сылга 15 эбийиэги үлэҕэ киллэрэри былаанныыбыт«, — диэтэ Ирина Любимова.
«Демография» нацбырайыак чэрчитинэн, 1,5 — 3 саастарыгар диэри оҕолорго эбии 1000 миэстэни таһаарыыга үлэ барар.
Регионнааҕы үөрэх министиэристибэтин хайысхатынан баар дьыссааттары сайыннарар сыаллаах үлэҕэ сыһыары тутан саҥа миэстэлэри таһаарыы буолар. «Туттуллубакка турар иэни сөпкө аттарыы, быстах кэмҥэ кэлэн барыы уонна дьиэ кэргэн бөлөхтөрүн тэрийии буолар. Билигин маннык бөлөхтөр 19 тэрилтэҕэ үлэлииллэр, онно 179 оҕо сылдьар», — диэтэ миниистир солбуйааччыта.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-v-2021-godu-poyavyatsya-15-detskih-sadov/
This post was published on 27.11.2020 10:01 10:01