Саха сиригэр 20-тэн тахса муус суол бэҕэһээ сабылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бэнидиэнньиккэ, муус устар 15 күнүгэр Саха сиригэр 23 муус суол сабылынна. Маны сэргэ алта сиргэ уйуга кыччатылынна. Ол туһунан ГУ МЧС РФ регионнааҕы тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Хаҥалас, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Томпо, Алдан, Өлүөхүмэ уонна Уус-Майа оройуоннарыгар быстах үлэлээн турбут муус суоллар сабылыннылар:

Үөһээ Бүлүү – Хоро;

Ньурба – Күндээдэ;

Устье – Сунтаар;

Кириэстээх – Мииринэй;

Хаандыга – Мэҥэ-Алдан;

Дьокуускай – Аллара Бэстээх;

Аммаа – Уус Майа;

Уус Майа – Эльдикан;

Кангалассы – Суотту;

Амма – Чакыр;

Кыһыл-Сыыр – СП хаҥас биэрэк;

Чагда – Томмот;

Ньурба – Малдьаҕар;

Өҥөлдьү – Киров;

Өлүөхүмэ – НПС-14а;

Кыыллаах – Даппарай;

Умнас – Маача;

Мэҥэ-Алдан – Кириэс Халдьаайы;

Хаандыга – Новай;

Тиит-Арыы – Чкалов;

Батамай – Лабыдьа;

Уус-Майа – Эдьээн с.;

Петропавловскай – Троицк.

Уйук кыччатылынна:

Мохсоҕоллоох – Качикат — 3 туонна диэри;

Покровскай – Тиит-Эбэ — 3 туоннаҕа диэри;

Зырянка – Затон — 20 туоннаҕа диэри;

Хонуу – Соболоох —  10 туоннаҕа диэри;

Уолбут – Даппарай — 5 туоннаҕа диэри;

Өлүөхүмэ – Заречнай — 5 туоннаҕа диэри.

This post was published on 16.04.2024 10:33 10:33