Чэпчэтиилээх ипотеканы Уһук Илиҥҥи федеральнайдааҕы уокурукка (ДФО) биэрии ахсаана 90 тыһыынчаны куоһарда, ол иһигэр 20-чэ тыһыынча ыал Саха сириттэн кирэдьиити ылла.
Маннык дааннайы сэтинньигэ Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа сайдыы Корпорацията оҥордо.
ДФО үп тэрилтэлэрэ барыта олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга 400 млрд солк суумалаах чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрдэ.
Үс иһигэр киирдилэр:
Приморскай кыраай — 24,4 тыһ кирэдьиит, суумата 111,5 млрд солк;
Саха сирэ – 19,9 тыһ кирэдьиит, 96 млрд солк;
Хабаровскай кыраай – 12,1 тыһ кирэдьиит, 54 млрд солк.
This post was published on 28.11.2023 12:35 12:35