Саха сиригэр 1800-тэн тахса култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгэ баар

Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыыр департамент түөрт оройуоҥҥа өссө биэс пааматынньыкка «култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгэ» статус иҥэрдэ.  Бу күҥҥэ Саха сиригэр маннык эбийиэк ахсаана — 1800-тэн тахса. Ол туһунан тэрилтэ салайааччыта Николай Макаров Якутия24 ханаалга «Актуальное интервью» биэриигэ эттэ. 

«Саха сиригэр барыта 1852 эбийиэк баара. Манна Абый, Уус Алдан, Нам уонна Хаҥалас оройуоттарыгар баар пааматыньыктар эбилиннилэр. Онон 1857 буолла. «Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгэ» статуһу ылыыга сүрүн критерийынан эбийиэк историяҕа уонна култуураҕа сыаннаһа ааҕыллар», — диэтэ Николай Макаров. 

Саҥа эбиллибит эбийиэктэр испииһэктэрэ:

  • Абыйдааҕы Спасскай таҥара дьиэтэ, 1906 сыллааҕы тутуу;
  • Баҕарахха Өйдөбүнньүк аллеята;
  • Түбэ Баһыгар Казанскай церковь причтатын дьиэтэ, 1873 сыллааҕы;
  • Томтор — Бороҕон улууһун историятын киинэ (1805–1936 с.с.);
  • Алексеевскай народнай училище, Илиҥҥи-Кангаласскай дьиэтэ, 1914 сыллааҕы тутуу.

This post was published on 02.03.2022 14:01 14:01