Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр өссө эбии икки муниципальнай суолталаах муус суол арылынна: Хонуу – Буор-Сыһыы Индигирка өрүһүнэн Муома улууһугар 10 туоннаҕа диэри уйуктаах техникаҕа уонна Покровскай – Көрдөм Өлүөнэ эбэнэн Хаҥалас улууһугар 3 туоннаҕа диэри уйуктаахтарга.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 18 кыһыҥҥы муус суол үлэлиир.
Саха сиригэр учуокка 50 муус суол баар. Суолу арыйыы муус халыҥыттан, күн-дьыл туругуттан тутулуктаах.
Ханна ханан муус суола арыллыбытын манна көр: https://ysia.ru/v-yakutii-rabotayut-18-ledovyh-pereprav/
This post was published on 06.12.2023 12:01 12:01