Саха сиригэр 17 ойуур баһаара умуруоруллар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар 17 ойуур баһаарын бохсууга үлэ барар: Алдан, Амма, Горнай, Нам, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка. Экология пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.


Саха сирин территориятыгар баар 17 баһаартан түөрдэ умуруорулунна: Горнай, Нам, Өлүөхүмэ уонна Таатта улуустарыгар. Уот сиэбит уопсай иэнэ — 522,7 га.

Ааспыт сууккаҕа биир баһаар Мэҥэ Хаҥалас сиригэр тохтотулунна. Хонтуруоллуур зонаҕа барыта — 10. Манна 358 киһи, 65 техника үлэлээтэ.

Ыраах, суола-ииһэ суох сирдэргэ 9 уот баара биллэр, уопсай иэнэ — 64 гектар.

This post was published on 11.09.2020 10:01 10:01