Кулун тутар 1 күнүттэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ «Мамино здоровье» скрининговай бырайыагы ыытта. 40-тан үөһэ саастаах дьахталлар ууһатар уорганнарыгар рак ыарыытын эрдэттэн сэрэтэр сыаллаах ыытыллар.
Өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ Саха сирин дьахталларыгар анкета толортордулар. Бу кэмҥэ 25 тыһыынчаттан тахса чинчийии барда.
Бүгүҥҥү күҥҥэ тоҕус эмиий рага, ол иһигэр аҕыһа ыарыы саҥа саҕаланыытыгар булулунна.
«Мамино здоровье» бырайыак «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак сыалын уонна соругун толорор.
This post was published on 22.04.2024 12:37 12:37