Бэҕэһээ предприниматель күнэ бэлиэтэннэ. Саха сиригэр күн бүгүн 116 тыһыынчаттан тахса киһи предпринимательствонан дьарыктанар.
Дьоҕус уонна орто предпринимательство 2023 сыллааҕы оҥорон таһаарыытын эргиирэ 328 млрд солк, бу биэс сыл анараа өттүн кытта тэҥнээтэххэ, 56% элбэх. Маннык дааннайы Ил Дархан Айсен Николаев Россия предпринимателлэрин күнүнэн эҕэрдэтигэр эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир предпринимателлэр ахсааннарынан дойдуга иккис миэстэҕэ сылдьар. 1,3 тыһыынчаттан тахса дьоҕус уонна орто тэрилтэ 223-ФЗ сокуонунан судаарыстыба кыттыылаах бөдөҥ хампаанньалар «поставщиктарынан» буоллулар. Бөдөҥ сакаасчыттар атыылаһар иэннэрэ 19,48 млрд солк диэри улаатта. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, бу икки төгүл улахан.
Инникилээн сайдар хайысханан туризм буолар. 2023 сылга Саха сиригэр турист кэлиитин ахсаанынан рекорд олохтоммута – 238 325 киһи.
This post was published on 27.05.2024 12:33 12:33