Саха сиригэр 11,8 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал сир учаастагын ылла

Саха сиригэр 11 851 элбэх оҕолоох ыал олорор сир учаастагын ылла. 8379 түбэлтэҕэ сир чааһынай дьиэ тутуутугар  бэрилиннэ. Бу туһунан регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саха сиригэр сири ылыыга барыта 27,6 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал сайаапка түһэрбит.

Өрөспүүбүлүкэ дааннайынан, 7526 учаастак уотунан хааччыллыылаах, 3547 учаастакка гаас тардыллыбыт. Инфраструктуранан хааччыйыы «Хаачыстыбалаах олорор дьиэнэн хааччыйыы»  региональнай судаарыстыбаннай бырагырааманан олоххо киирэр. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ити сыалга 100 мөл. солк. тахса сууманы көрбүттэрэр.

This post was published on 22.08.2023 15:50 15:50