Саха сиригэр 100 тахса анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолуу сулууспатын көмөтүнэн үлэҕэ киирдилэр. Бу туһунан СӨ дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Борисов иһитиннэрдэ, диэн НВК Саха суруйар
Кини бэлиэтээбитинэн, 38 СВО кыттыылааҕа үлэҕэ киирбит. 32 киһи үлэтэ суоҕунан ааҕыллыбыт, ол иһигэр ЧВК сэттэ байыаһа. «Агент коммерческий», араас категориялаах суоппар, «машинист бульдозера», «охранник» идэлэригэр 18 киһи үөрэнэ сылдьар. Онтон 7 киһи урбаан эйгэтин сайыннарарыгар көмө ылла.
Маны таһынан байыастар дьиэ кэргэттэриттэн 135 киһи үлэлэннэ. Онтон 11 киһи «парикмахер», «младшая медицинская сестра по уходу за больными» идэлэргэ үөрэнэ сылдьар.
This post was published on 27.08.2024 15:15 15:15