Саха сиригэр 10 промышленнай туристическай маршрут 2030 сылга диэри арыллыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

2030 сылга диэри Саха сиригэр 10 промышленнай туристическай маршрут арыйарга былаан баар. Бырайыакка Дьокуускайтан уонна оройуоннартан 14 производственнай тэрилтэ кыттар. Ол туһунан туризм миниистирин солбуйааччы Мария Карпова иһитиннэрдэ.

«Промышленнай туризм — бу билигин биһиги былаанныыр хайысхабыт. Араас интэриэһинэй эбийиэктэринэн сылаата суох айаҥҥа дьон талаһар. Айаны тыырарга саҥа глэмпиннарга дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥ тэриллэрин оҥоруохпут», – диэтэ миниистир солбуйааччыта.

Мария Карпова эппитинэн, промышленнай туризм Саха сиригэр промышленнай хайысха сайдыытын, дьоҥҥо чугас буоларын көрдөрүөҕэ. Тоҕо диэтэххэ, чуолаан бу эйгэ көмөтүнэн сыалай куораттар тутуллан тахсаллар.

This post was published on 22.07.2024 13:33 13:33