Саха сирин баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан, Турцияҕа 10 модульнай түргэнник тутуллар дьиэлэри уонна бородуукталардаах контейнердары гуманитарнай көмө быһыытынан ыыттылар. Билигин аныгыс партияны ыытарга үлэ барар.
Саха сирин бэрэстэбиитэлэ Айхал Габышев СИА -ҕа иһитиннэрбитинэн, бородуукталары Кахраманмараш провинциятыгар тиэрдиэхтэрэ. Тохсунньу 6 күнүгэр Турцияҕа мантан сир хамсааһынын саҕаламмыта — бу 1939 сылтан дойду үрдүнэн саамай алдьатыылаах иэдээн.
Айхал Габышев сотору Турцияҕа эбии модульнай дьиэлэри ыытыахтара диэн эттэ.
Эчэйбит киһи ахсаана күннэтэ элбээн иһэр. Бүтэһик дааннайынан, өлбүт киһи ахсаана 17 674 диэри улаатта, 72 879 киһи эмсэҕэлээтэ. Көрдүүр-быыһыыр үлэлэр салгыы бараллар.
Сир хамсааһынын содулун өрө тардарга Арассыыйа ЫБМ үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр. Турцияҕа 100-тэн тахса быыһааччы, аэромобильнай балыыһа уонна психологтар үлэлии Ыаллыы Сирияҕа эмиэ көмө барда, бу дойду эмиэ күүстээх сир хамсааһыныттан эмсэҕэлээтэ. Онно Арассыыйа байыаннайдара Латакия, Алеппо уонна Храм провинцияларыгар үлэлииллэр.
This post was published on 10.02.2023 15:25 15:25