2022 сылга Саха сиригэр туристар айннарынан Уһук Илин федеральнай уокурукка лидердар ортолоругар киирдэ. Көрдөрүү 71% улаатта.
Бастакы миэстэни Камчатскай кыраай — 138%, иккис — Чукотскай АУо 111% ыллылар.
Уһук Илиҥҥэ туристар айаннара 25% улаатта, оттон Россияҕа уопсай көрдөрүүгэ — 4,5%. Ааспыт сылга анал хонор сирдэринэн туһаныы 2,7 мөл киһиэхэ тэҥнэспит.
РФ экономикатын сайыннарыыга миниистири солбуйааччы Дмитрий Вахруков эппитинэн, көрдөрүү муҥутуур буолбатах, өссө улаатыннарарга кыһаллыахтаахпыт. Онно «Туризм и индустрия гостеприимства» национальнай бырайыак туһалыахтаах.
Илини сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков «Дальний Восток – зима открытий» форумҥа эппитинэн, билигин туризм эйгэтигэр 273 бырайыак үлэлиир, инвестиция уопсай иэнэ — 138 млрд солк тахса.
This post was published on 28.02.2023 12:01 12:01