Саха сирэ суол өрөмүөнүн көрдөрүүтүгэр рекорднай кээмэйгэ таҕыста

Саха сиригэр 2022 сылга  500-тэн тахса км федеральнай, региональнай уонна муниципальнай суоллар өрөмүөннэнэллэр. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ саамай муҥутуур көрдөрүү буолар, диэн регион баһылыга Айсен Николаев «Якутия, вперёд!» биэриигэ иһитиннэрдэ.

«Суол оҥоһуутугар биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ хаһан даҕаны буола илик көрдөрүүгэ таҕыстыбыт — 500-тэн тахса км федеральнай, региональнай уонна муниципальнай суоллары өрөмүөннүөхтэрэ. Быйыл Дьокуускайга суол өрөмүөнүгэр 2,5 млрд солк. көрүллүбүтэ. 34 км кэриҥэ уулусса суола тутуллунна. Мин балаҕан ыйын 27 күнүгэр сүрүн үлэлэр түмүктэниэхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэтэ Николаев.

Саха сирин баһылыга этэринэн, 2023 сылга Дьокуускай куорат Ленин проспегын саҥардыы салҕаныаҕа, ону тэҥэ Бабушкина, Можайского, Поярков уонна да атын уулуссалар өрөмүөннэниэхтэрэ.

This post was published on 30.08.2022 14:03 14:03