Саха сирин 19 улууһугар уонна Дьокуускайга эбии 46 оскуолаҕа капитальнай өрөмүөн оҥоруохтара. Балар бары РФ үөрэҕин министиэристибэтин 2023 сылга федеральнай субсидия ылыытыгар талыыны ааспыттара.
«Өрөспүүбүлүкэ 19 улууһугар уонна Дьокуускайга, ол иһигэр Арктика оройуоттарыгар, эбии 46 оскуолаҕа капитальнай өрөмүөн оҥоруутугар үбүлээһин көрүлүннэ. Ол аата 58 оскуола буолбакка, 104 оскуола өрөмүөннэниэҕэ», – диэтэ Саха сирин премьера Андрей Тарасенко.
Онон Абыйга, Булуҥҥа, Дьааҥыга, Бүлүүгэ, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Муомаҕа, Намҥа, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Өлөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Сунтаарга, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Усуйаанаҕа, Дьокуускай куоракка оскуолалар өрөмүөннэниэхтэрэ диэн регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Баһылык Айсен Николаев эппитинэн, бырагыраама үөрэх тэрилтэлэрин материальнай-техническай инфраструктураларын саҥардыыга төһүү күүс буолар.
This post was published on 28.06.2022 11:01 11:01