Саха сирэ «Русгидро» холдины кытары бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэһии түһэристэ

НВК САХА – Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Русгидро» холдинг генеральнай дириэктэрэ Николай Шульгиновы кытары бииргэ үлэлэһии туһунан V  Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум чэрчитинэн сөбүлэһии баттаста.


Сөбүлэһии чэрчитинэн «Якутскэнерго» АУо уонна «Теплоэнергия» АУо туһанааччыларын хаачыстыбаннай ититиинэн хааччыйар туһааннаах холбоһуктаах тэрилтэ тэриллиэҕэ.

Бииргэ үлэлэһии сүрүн сыалынан холбоһуктаах тэрилтэҕэ Дьокуускай куораты биир кэлим ититиинэн хааччыйыыны олохтуур статуһу биэрии уонна тэрилтэ тарыыптарыгар ититии ситимин көдьүүһүн үрдэтии дьаһалларыгар ыытыллар үбүлээһини киллэрии буолуоҕа. Сөбүлэһии өссө биир сыалынан Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 иккис уочаратын тутуу үлэтин тэрээһинин холбоһон бииргэ ыытыы буолар. Саҥа эбийиэк үлэтин түмүктүөхтээх Дьокуускайдааҕы ГРЭС оннугар тутуллуо.

Саҥа станция электрическэй кыаҕа 157,4 МВт тэҥнэһиэ, ититэр кыаҕа -200 Гкал/ч. Эбийиэги 2025 сылга үлэҕэ киллэрии былааннанар. 2019 сыл от ыйыгар бу бырайыак Россия бырабыыталастыбатын ититэр электростанцияларын бигэргэнилибит испииһэгэр киирбитэ.

Саха сирэ «Русгидро» Уһук Илиҥҥи региоҥҥа баар буолуутун тутаах регионунан буолар. «Якутскэнерго» АУо  уонна кини алын хампаанньалара өрөспүүбүлүкэни хааччыйаллар. 2017 сылга РусГидро Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 бастакы уочаратын үлэҕэ киллэрбитэ.

Владивосток куоракка V  Илиҥҥи форум чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ өссө атын кэккэ сөбүлэһиилэри түһэрсэрэ былааннанар.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 04.09.2019 16:54 16:54