22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ Россиятааҕы этнографическай музейга дьахтар национальнай таҥаһын туттарда

13:30, 10 ноября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха дьахтарын таҥаһынан Санкт-Петербург куоракка Россиятааҕы этнографическай музей экспозицията толоруллан биэрдэ. Дириэктэр Юлия Купинаҕа ураты экспонаты Саха сирин култуураҕа миниистирэ Юрий Куприянов туттарда.

Сон, дьабака бэргэһэ, үтүлүк — 19 үйэтээҕи саха дьахтарын таҥаһа. Тигиитигэр үгэс буолбут ньыма туттулунна: хоруоҥканан быысапка, кыбытыы.

«Россиятааҕы этнографическай музей 3700 экспоната — Саха сирин коллекцията. Бу култуура, искусство, олох-дьаһах, норуот айымньытын ураты предметтара. Аҥардас чороон 180 устуука. Коллекция өссө биир ураты экспонатынан эбилиннэ – Саха сирин народнай худуоһунньуга, норуот маастара Анна Зверева тус оҥоһуутугар дьахтар национальнай таҥаһа», — диэтэ Юрий Куприянов.

Россиятааҕы этнографическай музей хомуурунньугар Россия 160 норуотун мала-сала баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА