Саха Сирэ Россия ДОСААФ-ын кытта бииргэ үлэлээһини кэҥэтиэҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Россия ДОСААФ бэрэссэдээтэлэ Денис Добряковы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр тэрилтэ региональнай салаатын сайыннарыы, байыаннай-учуоттуур идэлэргэ исписэлиистэри бэлэмнээһин, ону тэҥэ ыччаты патриотическай иитии эйгэтигэр холбоһуктаах бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр.

Кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ, эбии үөрэхтээһин тиһигин сайыннарыыга уонна үүнэр көлүөнэни кытта үлэлиир аныгы көрүҥнэргэ ураты болҕомто уурулунна.

«Саха сиригэр ыччаты патриотическай иитии уонна араас эйгэҕэ, ол иһигэр авиацияҕа ирдэниллэр кадрдары бэлэмнээһин боппуруостарыгар улахан болҕомто ууруллар. Биһиги регионҥа ДОСААФ үлэтэ инники сайдыытыгар уонна саҥа аныгы көрүҥнэри ыларыгар интэриэстээхпит», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Денис Добряков өйөбүлүн иһин махталын биллэрдэ уонна Саха сиригэр бииргэ үлэлээһини кэҥэтэргэ бэлэмнээҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини регион эдэр исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ баай уопуттааҕын бэлиэтээтэ.

Көрсүһүү түмүгүнэн өрүттэр үөрэх уонна патриотическай бырайыактары сайыннарыыга туһуламмыт саҥа көҕүлээһиннэри бииргэ ырытан оҥорууга сөбүлэстилэр.

This post was published on 09.09.2025 13:37 13:37