Россия бырабыыталыстыбата Саха сиригэр онкологическай диспансер уонна поликлиникалаах онкоклиническай киин тутууларыгар 4 млрд солк тахсаны көрдө. Эбийиэктэр 2023 сылга үлэлэрэ саҕаланыахтаах.
Саха сиригэр федеральнайдааҕы бюджеттан доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутууга үп тыырылынна. Өрөспүүбүлүкэ үс сыл устата онкодиспансер уонна онкокиин тутуутугар 4 млрд солк тахсаны ылыа: 2020 сылга — 1,8 млрд солк кэриҥэ, 2021 – 1 млрд солк курдук, 2022 – 1,5 млрд солк.
Субсидия Россия бырабыыталыстыбатын уурааҕынан 2019 сыл ахсынньы 31 күнүгэр бигэргэннэ.
This post was published on 09.01.2020 10:09 10:09