24 Сэтинньи 24.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирэ олорор дьиэни үлэҕэ киллэриигэ Россия 10-топ регионун иһигэр киирдэ

19:00, 02 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Росстат чахчытынан, Саха сирэ олорор дьиэни үлэҕэ киллэриигэ Россия 10-топ регионун иһигэр киирдэ. Бу испииһэккэ ону тэҥэ Москва уобалаһа, Санкт-Петербург, Ленинград уобалаһа, Татарстан өрөспүүбүлүкэтэ, Краснодарскай кыраай, Калининград, Ростов, Рязань уонна Калуга уобаластара киирдилэр.


СИА-ҕа иһитиннэрбиттэринэн, сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 115,6 тыһ квадратнай миэтэрэ олорор дьиэ киирдэ.

“Уһук Илин ФУо олорор дьиэни тутууга бастаабыппыт, дьиҥэ, нэһилиэнньэбит ахсаанынан саамай бөдөҥ субъект буолбатахпыт. Кэнники сылларга олорор дьиэлэри тутуу икки төгүл кэриҥэ улаатта. Урут 300 тыһ квадратнай миэтэрэни киллэрэр буоллахпытына, билигин бу көрдөрүү 600 тыһ тахса кв. миэтэрэ”, — диэн Ил Дархан Егор Борисов этэр.

Ил Дархан этэринэн, Саха сиригэр 29 тыһыынча киһи саахалламмыт, хаарбах туруктаах дьиэттэн көстө. Манна судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 30 миллиард солкуобай ороскуоттанна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА