Муус устар 10 күнүгэр «Укрепление общероссийской гражданской идентичности и этнокультурное развитие народов в Якутии» бырагырааманан НКО-ларга субсидия биэриитигэр куонкуруска сайаапка ылыыта саҕаланна.
Тутар хампаанньа ыам ыйын 12 күнүгэр диэри салҕанан барыаҕа. Быйылгы үбүлээһин уопсай суумата 6 мөл солк тахса. Ол туһунан регион норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэ пресс-сулууспатыгар эттилэр.
Субсидия бэриллэр хайысхалара: — национальнай-култуурунай холбоһуктар социальнай суолталаах бырайыактарыгар; — казачество уопсастыбаларын үгэстэрин уонна абыычайдарын кэпсиир социальнай суолталаах бырагыраамаларга.
Сайаапкалары ыытар электроннай почта krivoshapkina.ae@sakha.gov.ru эбэтэр кумааҕынан бу аадырыска: Дьокуускай, Ленин проспега, 30 дьиэтэ, каб. 330.
Эппиэттээх исписэлиис — Альбина Кривошапкина, төлөпүөнэ 8(4112)-50-87-38.
This post was published on 11.04.2023 09:01 09:01