Саха сирэ «Ленатурфлоту» кытта икки «Валдай» уу тырааныспарын ылар былааннаах. Ол туһунан тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев ЛОРП тэрилтэ Өлүөхүмэтээҕи учаастагын салайааччыта Иван Игнашевтыын көрсүһүүгэ эттэ.
Тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев Өлүөхүмэҕэ командировкатын кэмигэр мунньахха 2021 сыллааҕы навигация туһунан кэпсэттилэр, ол иһигэр дьону уу суолунан тиэйии-таһыы боппуруостарын быһаарыстылар.
Кини иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ «Ленатурфлоту» кытта икки «Валдай» суудунаны ылар былааннаах. Биирэ Өлүөхүмэ — Ленскэй хайысханан айанныыр маршрутун ырыттылар. Владимир Сивцев суудуна аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиирин эттэ. «Олус комфортабельнай суудуналар, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон айанныылларыгар анал миэстэлээх. Кириэһилэлэрэ олус табыгастаах уонна кондиционердаах», — диэтэ миниистир.
2021 сылга Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах. Бэлэмнэнии күүскэ барар. Владимир Сивцев Иван Игнашевтыын өрүс суолунан дьону тиэйиини-таһыыны кэпсэттилэр. Бастатан туран бары сэрэтэр миэрэлэр тутуһуллуохтаахтара этилиннэ.
Игнашев олохтоох өрүс пуорда бэлэмин эттэ, суруйар министиэристибэ пресс-сулууспата.
This post was published on 16.02.2021 18:01 18:01