Саха сирэ Өлүөхүмэҕэ ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэр

2020 сылга XIV өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа Өлүөхүмэ куоракка буолар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. 


Өлүөхүмэ куоратыгар ыһыллыахтаах национальнай бырааһынньыкка тэрээһин бастакы боппуруоһунан хамыыһыйалары бигэргэтэр наадата этилиннэ. «Биһиги чахчы таһаарыылаахтык үлэлиир хамаанданы тэрийиэхтээхпит. Олоҥхо ыһыаҕа саамай үрдүк таһымҥа ыытыллыахтаах», — диэтэ Ольга Балабкина.

Тэрийэр кэмитиэт Олоҥхо ыһыаҕын быйылгы эмблематын быһаарыстылар. Биллэриллибит куонкуруска 20-тэн тахса үлэ киирбититтэн, иккини талан дьүүлгэ таһаардылар. Олохтоохтор күн сардаҥатыгар Аан Алахчын Хотун уонна Аал Луук мас ойууламмытын, алларан Өлүөнэ эбэ уста сытарын ордорбуттарын биллэрбиттэр. Кинилэр санааларын кытта үгүстэр сөбүлэстилэр.

Олунньу ыйга Өлүөхүмэҕэ «Ысыах Олонхо в Олекме: пути возрождения, популяризации и сохранения эпического наследия» XI өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-методическай конференция буолуоҕа. Ыһыах кэнсиэпсийэтин ырытыһыахтара, ааспыт фольклорнай экспедиция түмүгүн таһаарыахтара, маастар-кылаастар, трениннэр, норуот оҥоһуктарынан быыстапка-дьаарбаҥка буолуоҕа.

Национальнай бырааһынньык кэрэ көстүүлээх Өлүөнэ кытылыгар турар «Аанньаах хочотугар» буолуоҕа.

This post was published on 24.01.2020 09:40 09:40