Саха сирэ РФ субъектарын куонкурсугар кыайан, федеральнай бюджеттан 85,7 мөл солк икки креативнай индустрия оскуолатын тутууга ылла, суруйар СИА. Докумуон Россия култууратын министиэристибэтин сайтыгар таҕыста.
Креативнай индустрия оскуолалара П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище уонна А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искуссво колледжын истэринэн тэриллиэхтэрэ.
«Бу саҥа ньыма буолар, оҕолорбут үөрэниилэригэр. Художественнай училище баазатыгар 90-тан тахса оҕо анимацияҕа уонна 3D-графикаҕа, хаартыскаҕа түһэриигэ, видео устуутугар, дизайнҥа үөрэниэхтэрэ. Оттон колледжка звукорежиссураҕа, тыас дизайныгар, хаартыска уонна видеоустуутугар үс устуудьуйа арыллыаҕа, маны сэргэ — электроннай музыкаҕа», — диэтэ регион тустаах хайысхатыгар миниистирэ Юрий Куприянов.
This post was published on 17.10.2022 10:31 10:31