РФ регион сайдыытын бырабыыталыстыбыннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин Саха сирэ хочуолунайдары тутууга уонна саҥардыыга кирэдьиит ыларга биэрбит сайаапкатын өйөөтө диэн, ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бырайыак быһыытынан өрөспүүбүлүкэ алта оройуонугар 67.86 МВт кыамталаах 9 хочуолунайы саҥардыы уонна тутуу былааннанар.
Ол курдук, Таатта улууһугар Чычымах уонна Боробул нэһилиэктэригэр ититэр ситимнээх хочуолунайдары тутуу былааннанар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 1 Морукка хочуолунай, онтон Суола-Морук нэһилиэгэр блочнай- модульнай хочуолунай, Бөкөҕө «Киин» хочуолунай тутуллуохтара.
Уус- Алдан улууһун Бороҕонугар «Запад-1» саҥа автоматизированнай уонна «Запад-2» механизированнай хочуолунайдары тутуохтара, маныаха эргэ хочуолунайдар үлэлэрин тохтотуохтара.
Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр «РИК», «ПМК» уонна «кв. Б» хочуолунайдары оптимизациялаан баран саҥа «Звезда» хочуолунайы тутуохтара.
Амма улууһун Абаҕатыгар модульнай хочуолунайы тутуохтара Чурапчы улууһун Толонугар «Чакыр- 1» гааһынан барар хочуолунай тутуутун былаанныыллар.
«Бырайыагы олоххо киллэрии 566 чааһынай олорор дьиэни, үс элбэх кыбартыыралардаах дьиэлэри уонна сэттэ социальнай объектары ититиигэ, 15 аварийнай хочуолунайдары оптимизациялыырга уонна уматык-энергетическэй ресурсаларга ороскуоту 30 % намтатарга көмөлөһүөҕэ. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ 16 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэтэ хаачыстыбалаах коммунальнай өҥөнөн хааччыллыахтара», — диэн Саха сирин ОДьКХ уонна энергетикатын миниистирэ Вячеслав Емельянов бэлиэтээн эттэ .
Бырайыак уопсай сыаната 1,8 млрд солк., ол иһиттэн 1,4 млрд солк. ОДьКХ реформалааһыҥҥа көмөлөһөр пуондатыттан уонна 362 мөл. солк. – «СӨ ОДьКХ»ГУП бэйэтин үбүнэн.
This post was published on 27.05.2022 18:01 18:01