Саха сирэ Казахстаны кытта ИТ, атыы-эргиэн уонна сиртэн хостонор баай хайысхаларыгар бииргэ үлэлиэҕэ. Ол туһунан ПМЭФ кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин энергетикэҕэ миниистирэ Алмасадам Саткалиев дуогабардастылар.
Бу сыл тохсунньутугар Айсен Николаев Казахстаҥҥа бара сылдьыбыта. «Мин оробуочай сырыым кэнниттэн Казахстан Өрөспүүбүлүкэтигэр икки бизнес-миссияны тэрийбиппит, ИТ-хампаанньалар, бааннар, ювелирнай оҥоһуктарынан дьарыктанааччылар, табаары уонна бородууксуйаны тириэрдээччилэр кыттыылаах. Бүгүн биһиги чуолкай былааннаахпыт Казахсаны кытта салгыы үлэлииргэ», — диэтэ кини.
2022 сылга Саха сирин уонна Казахстан ардыгар табаар эргиирэ 80 мөл доллар буолбута, 2021 сылга – 1,3 мөл доллар.
Сотору кэминэн Саха сиригэр Хотугу-Казахстан уобалаһын делегацията кэлэрэ былааннанар.
This post was published on 16.06.2023 10:33 10:33