Бүтэһик сылларга Саха сирэ уонна Казахстаан табаары эргитиилэрэ улаатта. 2022 сыллаахха 80 мөл дуоллар буоллаҕына, ааспыт сыл түмүгүнэн, 160 мөл дуолларга тэҥ.
Ол туһунан Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө телевидениенан «быһа холбонууга» Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.
«Бу муҥутуур тахсыы буолбатаҕар эрэнэбин. Салгыы үлэлиэхпит, табаар эргиирэ эбиллэригэр, Саха сирэ уонна Казахстаан культурнай, гуманитарнай сибээһэ өссө бөҕөргүүрүгэр. Казахстаан Саха сиригэр интэриэһэ үрдүк, саха норуотун историятыгар», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 26.04.2024 11:27 11:27