Илиҥҥи экономическай форумҥа Саха сирэ кыахтаах инвестордарга электроэнергетикэ уонна тырааныспар инфраструктураларыгар сыһыаннаах хас да бырайыагы көрдөрүө. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта — өрөспүүбүлүкэ экономикатын миниистирэ Алексей Стручков иһитиннэрдэ.
«Форумҥа биһиги, бастатан туран, инфраструктураҕа сыһыаннаах бырайыактары кэпсиэхпит. Социальнай хайысхалаах хас да эмиэ интэриэһинэй бырайыактар бааллар«, — диэн бастакы вице-премьер СМИ-гэ эттэ.
Алексей Стручков өрөспүүбүлүкэ электроэнергетикэ хайысхатыгар хас да бырайыагы үлэлэтэр былааннааҕын иһитиннэрдэ. Маны сэргэ Өлүөнэ өрүһү туоратар муоста эмиэ олус суолталаах боппуруос буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Нэдиэлэ анараа өттүгэр Саха сиригэр дьоппуон хампаанньаларын делегацията кэлэ сылдьыбыта. Кинилэри кытта биһиги бииргэ Бүлүү уонна Булуҥ улуустарын территорияларыгар энергетикэ хайысхатыгар бырайыактары олоххо киллэрэр былааннаахпыт», — диэтэ кини.
Эбэни туоратар муоста туһунан этэригэр Стручков регион бырабыыталыстыбата уонна SINOHYDRO кытай хампаанньата икки сыллааҕыта сөбүлэҥ түһэрсибиттэрин санатта. Ол докумуон чэрчитинэн, муоста тутуутун үбүлээһинин тосхоло оҥоһуллан бүтэн эрэр.
«Форум саҕаланыытыгар хампаанньа концессионнай көҕүлээһини оҥоруо диэн эрэнэбит. Бу бырайыак олоххо киириитигэр кыаҕы биэриэ«, — диэтэ бастакы вице-премьер.
Үһүс Илиҥҥи экономическай форум балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр Владивосток куоракка ыытыллыа. Былырыын киэҥ ыҥырыылаах мунньах 4,6 тыһыынча бизнес бэрэстэбиитэллэрин, экспердэри уонна наука үлэһиттэрин, уопсастыбаннаһы 56 дойдуттан муспута.
This post was published on 30.06.2017 12:30 12:30